«Искэн (рак) ыарыыны утары: тыыннаах хаалбыттарга көмө» диэн бырайыак 2018 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Бырайыак ыарыһахтары, кинилэр чугас дьоннорун түмэр, олоххо, дьон-сэргэ ортотугар бу суоһар кэми этэҥҥэ ааһарга, ыарыы чопчу бигэргэтиллибит күнүттэн саҕалаан эмтэнэр, онтон ыарыылара бэргиир кэмнэригэр психологическай өҥөнү оҥорорго көмөлөһөр.
Бырайыак чэрчитинэн тустаах быраастары, онкологтары, онкопсихологтары кытары бөлөҕүнэн көрсүһүүлэр тэриллэллэр. Ону тэҥэ арт-терапияҕа уруһуйдуурга уонна туойунан оҥорорго үөрэтии, маастар-кылаастар, нутрициологияҕа, эмтиир сыаллаах эт-хаан эрчиллиилэрэ ыытыллаллар.
Бу бырайыак волонтердар, общественниктар, быраастар уонна дьон кыһалҕатыттан туора туран хаалбат уйан дууһалаах дьон көмөлөрүнэн үлэлиир. Ис санаа атастаһыыта, дьону өйүүр үлэ бырайыак кыттыылаахтарын түмэр ватсап ситиминэн ыытыллар. Миигин ватсапка билэр бырааһым, балтым Людмила Викторовна кэпсээн, кини киллэрэн, дьэ, хараҥа былыт быыһынан көрө сылдьыбыт хараҕым аһыллан, биир кыһалҕаны ааспыт дьоммун кытта алтыһан-кэпсэтэн, өйөнсөн, ыарыыны умнан, күлэн-үөрэн мичээрдээн, олорор олоҕум атын көрүүлэммитэ.
Ол иннигэр, 2018 сылга атырдьах ыйыгар операцияланан баран, бэйэм-бэйэбэр, дьиэ кэргэммин, оҕолорбун кытта араас ыарахаттары, кыһалҕалары туораан олорбутум. Кэргэним, оҕолорум, бииргэ төрөөбүттэрим тапталларыгар уйдаран ыарахаттары ааспытым, кинилэргэ махталым муҥура суох. Күн аайы махтанан турабын.
Саамай кылаабынайа – операция, уустук эмтэнии кэнниттэн чөлгө түһүү (реабилитация) буолар эбит. Бу «Искэн (рак) ыарыы утары» бырайыак, мин санаабар, реабилитацияны ааһар дьоҥҥо наһаа туһалаах, көмөлөөх, ыалдьар киһиэхэ күүһү-уоҕу биэрэр.
Бырайыак сыалынан ыарыһахтар олохторун хаачыстыбатын тупсарыы, дьон-сэргэ ортотугар сыһыаны сымнатыы, үлэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ, социальнай олоххо бу ыарыыттан этэҥҥэ өрүһүммүт дьон үтүө холобурдарынан социальнай-психологическай өҥө оҥоруута буолар.
Бырайыак соруктара:
- рак ыарыыттан босхоломмут ыарыһахтарга, кинилэр аймахтарыгар психологическай көмөлөрү оҥоруу;
- үтүөрэргэ, олоххо тардыһыы күүһүн үрдэтэргэ бу ыарыыттан босхоломмут дьон ыарыһахтарга анаммыт араас тэрээһиннэр комплекстарын киэҥник туттары тарҕатыы.
«Искэн ыарыытын утары» бырайыак көҕүлээччитэ, салайааччыта – Капиталина Капитоновна Алексеева, общественнай деятель, публицист, СР Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Общественнай сэбиэтин чилиэнэ.
Маннык бырайыак былырыыҥҥаттан Ньурба куоракка үлэтин саҕалаабыта. Өссө да элбэх оройуоҥҥа тэриллэрэ буоллар, онкоыарыһахтарга уонна кинилэр чугас дьонноругар ыарыыны кыайарга улахан көмө буолуо этэ.
Былырыын Капиталина Капитоновна “Инникигэ эрэл (Всё лучшее – впереди)” диэн кинигэ таһааттарбыта. Ол кинигэҕэ искэн (рак) ыарыытыны кыайбыт аҕыс киһи, араас ыарахаттары көрсөн, ону этэҥҥэ туораан, билигин үлэлии-хамсыы, дьон-сэргэ ортотугар доруобай киһиттэн итэҕэһэ суох олороллорун кэпсээбиппит. Маннык кинигэ тахсыбыта улахан суолталаах. Дьон инникигэ эрэллээх, санааларын күүһүнэн ыарыыны кыайалларыгар көмө-тирэх буолалларыгар дьоһун көмө буолуо дии саныыбын.
Мин бу бырайыакка 2021 сылтан кыттыспытым, ол аата төрдүс сылым буолла. Биһиги бу бырыайак чэрчитинэн араас дьарыктарга сылдьан, дууһалыын сынньанабыт, санаабыт көтөҕүллэр, ону таһынан урут сатаабат үөрүйэхтэрбитин баһылаан, уруһуйдуубут, туойунан араас кэрэ оҥоһуктары оҥоробут, быраастары кытта көрсөбүт, анал үөрэхтээх психолог бэсиэдэ ыытар – ол дьарыктарбыт барыта ураты эйгэлээх Саха сирин национальнай музейыгар буолаллара биһигини сырдыкка, кэрэҕэ кынаттыыр. Былырыын ол үлэлэрбитинэн музей дьиэтигэр улаан быыстапка тэрийбиппит, дьон сэҥээриитин ылбыта. Ону таһынан, нэдиэлэ аайы эмтэнэр физкультура дьарыгар сылдьан, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэбит.
Мин иллэҥ кэммэр иистэнэрбин, илиибинэн араас оҥоһуктары оҥорорбун сөбүлүүбүн. Иэйиим киирдэҕинэ, хоһоон суруйарга холонобун.
Санаан-ахтан ааһабын
Эбээлээх эһээм үүттээх чэйдэрин,
Эриэккэс, дьикти кэпсээннэрин,
Үтүө-мааны тылларын.
Сымнаҕастык уураан-сыллаан,
Туруорар сарсыардаларын
Суохтуур курдук буолабын,
Сааһырдаҕым аайытын.
Сир үрдүгэр баар эбит
Эһээ, эбээ дьиҥнээх таптала,
Ону киһи өйдөөбөт эбит.
Тыыннаах таскар баар эрдэхтэринэ…
Бириэмэни төннөрүөм этэ,
Эппэтэх тылларбын этээри,
Айыылартан ааттаһыам этэ
Бырастыы гыналларыгар!
***
Күн сиригэр саамай күндү,
Күн сиригэр саамай кэрэ,
Олох мааны бэлэҕэ –
Кыра оҕо күлэрэ!
Майя Васильева.
2024 с., тохсунньу, Дьокуускай к.